да

да
1. частица 1) усил. какой, какая, какое, как; кэрэ да кыыс! какая красивая девушка!; күндү да мал! какая дорогая вещь!; бэркэ да ытар! как он замечательно стреляет!; 2) усил. употр. обычно со сл. биир, биирдэ ни; ни... ни...; биир да киһи суох ни одного человека нет; биирдэ да суруйбатах он ни разу не написал; киһи да сүөһү да көстүбэт не видно ни человека, ни скотины; 3) усил. употр. для усил. знач. нек-рых модальных сл., межд. и междометных выражений и, а; кырдьык да, туоһу суох а правда, свидетеля нет; дьиҥинэн да, оннук буолбатах и в самом деле, не так; онто да суох, сылайдым! я и так устал!; тыый да, тугуй бу? ой, что это такое?; өлүү да буолар эбит! ох, какая беда!; 4) усил. и, даже, даже и; сүүс да киһи кыайыа суоҕа даже сто человек не осилят; ону хараҕа да суох киһи билиэ это заметит даже слепой; соҕотоҕун да үлэлиэ он и один будет работать; бэйэтэ да билбэт он и сам не знает; 5) усил. и, также, тоже; мин да билэр этим я тоже знал; тииҥ да элбэх и белок много; 6) усил. хоть, хотя; бүтүннүү да ылыҥ хоть всё берите; кыратык да үлэлээ работай хоть немножко; 7) выделит, редко -то; ведь; да ведь; күн да уһун, бүтэриллиэ день-то длинный, закончу; 8) словообразующая, образует отриц. и неопр. мест, от вопр., а также нек-рые сочет. с союзным, модальным и др. знач.: ким да никто; кимиэнэ да ничей; туох да а) ничто; ничего; никто; б) никакой; туох да диэбэтэ он ничего не сказал; туох да мэһэйэ суох без всякого препятствия; хайалара да любой из них; хайа да никакой; какой бы то ни было, любой; хайа да киһи кыайбат (кыайыа суох) никакой человек не осилит; хайдах да а) никак; б) никакой; любой; хайдах да өйдөөбөт он никак не поймёт; хас да несколько; хаста да несколько раз; хайата да любой из этих; хаһан да а) никогда; хаһан да оннук суоҕа никогда такого не было; б) всегда; как всегда; хаһан да оннук буолааччы всегда так бывает; ханна да нигде; хантан да ниоткуда; төһө да а) нисколько; төһөнү да биэрбэтэ нисколько не дал; б) как бы ни...; төһө да кыһаннар как бы ни старался; хайаан да непременно, во что бы то ни стало; хайаатар да а) во что бы то ни стало; б) как-никак; ол да иһин так и ожидалось; ол иһин да тото, тото же; так и должно быть; кэм да всё-таки, как всегда; ханныгын да иһин как-никак; ол да буоллар но, однако; оннугун оннук да так-то оно так; хотя оно и так; таах да всё же; дэлэҕэ да недаром; 9) усил. при повторяющихся словах придаёт знач. самой высокой степени качества, признака или указывает на множество предметов очень-очень; слишком; пре=; кытаанах да кытаанах твёрдый-претвёрдый; күүскэ да күүскэ оҕуста он ударил очень-очень сильно; лискийэн кус да кус! такая здоровенная утка!; хайгыыр да хайгыыр слишком хвалит; хвалит-не нахвалится; күөлгэ кус да кус на озере масса уток; 2. союз. 1) соед. образует сочет., близкие к парным словам и, да; бырыы да бадараан грязь да болото, сплошная грязь; күннэтэ тыал да хаар каждый день ветер да снег, каждый день непогода; 2) соед. употр. при обозначении действий, следующих друг за другом моментально или неожиданно и, да; киэр хайыста да ытаан барда он отвернулся и заплакал; ылла да ууга бырахта он взял да в воду и бросил; 3) перечисл. и, да; оҕо да улахан да и стар и млад; и взрослые и дети; мин да, эн да и ты и я; билигин да, кэнэҕэс да и сейчас и в будущем; биһиэхэ улахан да, кыра да өрүстэр элбэхтэр у нас много и больших и малых рек; 4) временной, указывает на то, что действие главного предлож. совершается сразу же после действия придат. предлож. как только; аан аһылынна да кыыс киирдэ как только открылась дверь, вошла девушка; 5) усл. если; раз; соруйдулар да, үлэлиэх тустаахпыт раз поручили, то мы должны работать; 6) уступ, хотя, хоть; бүгүн барарга быһаарыммыппыт да, саараатыбыт хотя мы решили уехать сегодня, но передумали; 7) противит. но, а, однако; тем не менее; бэҕэһээ аахпытын өйдүү сатаата да, барытын умнан кэбиспит он силился вспомнить прочитанное вчера, но не мог.

Якутско-русский словарь. - М.: Советская Энциклопедия. . 1965.

Игры ⚽ Нужно решить контрольную?
Синонимы:

Антонимы:

Полезное



Поделиться ссылкой на выделенное

Прямая ссылка:
Нажмите правой клавишей мыши и выберите «Копировать ссылку»